АРАЙ БИИРДЭ
Арай биирдэ…
Ити тылларынан төһөлөөх элбэх кэпсээн
саҕаламмыта буолуой, доҕоттоор! Сыһыы-толоон
кытыытыгар, киэһээҥҥи кутаа сырдыгар элбэх кэпсээн кэпсэммит буолуохтаах.
Балаакка да иһигэр ити тыллар бэрт элбэхтэ иһиллэн аастахтара. Сорохтор булт
туһунан сылаас дьиэҕэ аһыыр остуол тула олорон кэпсэтэллэр.
Оттон мин монитор иннигэр олорон сэһэргиим. Истиэххитин
баҕараҕыт дуо? Сөбүлээбэтэххитинэ көмпүүтэргитин арааран да кэбиһиэххитин сөп,
ол бобуллубат, бэйэҕит билиэххит.
Оттон кэпсээммин сэҥээрээччилэр оҥостон
олорон болҕойон истиҥ. Аһыы олорон истэр буоллаххытына ол кэрэхсэбиллээх
дьыала, булчут кутаатын аттыгар олорон кэпсэтэр курдук саныахпыт.
Чэйиҥ, саҕалыыбын дуо?