Арай биирдэ
хас да буоламмыт дэриэбинэттэн хоту баар Маатыкаан диэн сиргэ куобахтыы
бардыбыт. Күһүҥҥү үчүгэй баҕайы халлаан турар этэ. Маатыкаан балаҕаныгар хоно
сытан бултаатыбыт. Төһө элбэх куобаҕы өлөрбүппүтүн өйдөөбөппүн, син элбэх
быһыылаах этэ. Биһиги диэтэх дьон кураанах сылдьыбатах буолуохтаахпыт, хайаан
да дьиэбитигэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлбит буолуохпутун сөп.
Чэ, ити хааллын, аны наһаа киһиргэс киһи эбит диэххит.
Балаҕаммытыттан соҕуруу диэки куруҥ баар этэ, ону кэрийэ сырыттыбыт. Дьэ
үчүгэйэ сүрдээх, сотору-сотору дулҕа быыһыттан куобах ойон туран сүүрэн
тилигириир, ону биһиги биэр да биэр!
Мин уҥа өттүбэр Иннокентий Павлович диэн аҕамсыйан эрэр учуутал киһи испитэ.
Биһиги, оҕолор, кинини судургутук Лэгэнтэй диэн ааттыыр этибит.
Арай куруҥ устун баран истэхпитинэ Лэгэнтэй инниттэн муус-маҥан куобах туран
сүүрэн мороохтоото. Киһим соһуйан «һук!» диэтэ, онтон кыҥаата, ытан бурҕатта.
Куобаҕа охтубата, сүүрэ турда. Лэгэнтэй иккистээн көрдө да, мэлигир!
- Хайа, бу киһи куобаҕы куоттарда дии! - итинник санаа төбөбөр охсуллан ааста,
саабын эһэ охсон ылан кыҥыы да иликпинэ саам эстэн өрө хабылла түстэ, оттон
куобахпыт төкүнүс гынна.
- Хайа, ити ким өлөрдө? - мин Лэгэнтэйтэн ыйыттым.
- Эн ыппыккар оҕунна дии, хата сыыспатыҥ, маладьыас! - киһим миигин хайҕаата.
- Ама мин ыттым дуо? Уонна өлөрдүм дуо, бачча ыраахтан? - мин соһуйбута
буоллум. Кыҥаары гынан иһэн чыыбыспын алҕаска тардан кэбистим диэм дуо,
мөҕүллэр буоллаҕым дии.
Саабын бүлгүрүтэн көрбүтэ буоллум:
- Кырдьык, ыппыт эбиппин дии, ыппыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым ээ.
- Ыппыккын бэйэҥ да билбэккэ хааллыҥ дуо? Дьэ, хапсаҕай туттуулаах киһи эбиккин
дии! – Лэгэнтэй сөрү диэн сөхтө, бэри диэн бэркиһээтэ.
Мин тугу да саҥарбатым, күлүкпэр имнэнним. Хайҕанар ааттыын үчүгэй!
Кэлин санаатахпына куобаҕы Лэгэнтэй таппыт буолуохтаах, ону уйдаран баран кэлин
оҕуннаҕа. Мин алҕаска салгыҥҥа ыппыппар өлбөтөх буолуохтаах. Саа тыаһыттан
сүрэҕэ хайдан өлүө дуо?
Дьэ, итинник буолуохха наада. Сатабыллаах киһи оҥорботох да дьыалатыгар
хайҕанар, өйдөөтүгүт дуо?