Четверг, 21.11.2024, 16:29
BR - мои воспоминания
На главную страницу Регистрация Войти
Хара Суор приветствует тебя, Гость · RSS
Поиск
Что на сайте?
Категории
Новости сайта [411]
Новости, обновления и т.д.
Мысли, мнения [342]
Мысли и мнения Black Raven'а
RSS лента новостей
Статистика сайта

Сейчас на сайте: 5
Гостей: 5
Своих людей: 0
 Маҥнайгы куобаҕым


   Бу түбэлтэ алтынньы иккис күнүгэр буолбута. Хас сыллаахха эбитэ буолла, ону өйбөр туппатах эбиппин, өй-мэйии кыра киһитэ буоллаҕым, онон баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Арааһа, бэһис кылааска үөрэнэр бэдик эбитим буолуо.

   Тымныы соҕус күн этэ, хаар түһэн кыыдамныыра. Аҕам уонна мин матаһыыкылынан дэриэбинэттэн илин диэки баар От Үрэх диэн ааттанар сиргэ тиийбиппит. Күһүҥҥү ардахтар кэннилэриттэн лоһугураччы тоҥмут бадарааннаах суол устун айанныыр соччо үчүгэйэ суох этэ. Ол эрээри аҕыйах биэрэстэни өр гымматахпыт.

   Үрэх үрдүгэр «Иж-Юпитер-2» диэн ааттанар матаһыыкылбытын хаалларан баран, хоту диэки хайысханы тутуһан кэрийэн киирэн барбыппыт.

   Аҕам аҕыйах сыллааҕыта Москубаттан ылбыт биэстэ эстэр саатын илдьэ сылдьара. Омук сиригэр атыыланарга анаан оҥоһуллубут буолан сүрдээх үчүгэй хаачыстыбалаах сэп этэ. Биһиги дэриэбинэбитигэр итинник саа суоҕа, аан бастакы МЦ-21-12 аҕабар баар буолбута.

   Ити саа бэйэтин хараактырын көрдөрөн турар. Аҕам аан бастаан ытарыгар саа сотубуора сүүрэлиирин учуоттаабатах. Хаҥас илии тутарыгар анаан оҥоһуллубут цевьё диэн ааттанар сиртэн буолбакка, тимириттэн туппут, ол кэнниттэн чыыбыһын тардан кэбиспит. Саа эстэн бурҕаллыбыт, сотубуор тыаһа чалыгыр гына түспүт, аҕам эрэйдээх хаһыытыы түһэн баран саатын сиргэ быраҕан кэбиспит уонна хаҥас илиитин туттан баран ыарыытыттан өрүтэ эккирии сылдьыбыт. Саа сотубуора кэннигэр барарыгар аҕам үс тарбаҕын хайа охсон ааспыт эбит. Хата тарбахтара тостубатахтарыгар баһыыба. Сааны үчүгэйдик үөрэппэккэ эрэ ытар диэн дьэ итинник буолар. Ону учуоттаарыҥ, доҕотторуом.

   Мин икки уостаах Иж-58 диэн сааны илдьэ сылдьыбытым. Кыра киһиэхэ ыарахан да соҕус буоллар санаабын түһэрбэтэҕим. Хайа, арай куобаҕы көрүүм! Икки ытыынан хайдах эмэ өлөрөр инибин диэн эрэх-турах сананарым. Саа ыарахана туох буолуой, бултуйуохха эрэ наада.

   Бу иннинэ саанан биирдэ эрэ ытан турардаахпын. Аҕам тииккэ моҕотой тахсыбытын ыттарбыта. Сыыспатаҕым. Өлбүт моҕотойу тутан турдахпына хайдах эрэ аһыныах курдук санаа киирбитэ. Мин ол санааны киэр кыйдаабытым, ыта үөрэнииэххэ наада дии. Тииккэ ыйаммыт хаһыат лоскуйун ытыалаан үчүгэй булчут буолбаккын, хаан таһаардаххына эрэ үчүгэйдик үөрэнэҕин. Оннук дуо, эһиги туох дии саныыгыт?

   Ити курдук ону-маны саныы-саныы баран истим. Аҕам үрэх сыырыттан олус ырааппакка иһэр, мин кинини тутуһабын. Хаарбыт тохтообот, ийэ сирбит маҥан суорҕанынан бүрүнэн утуйар кэмэ кэллэҕэ.

   Арай ол истэхпитинэ икки ардыбытыттан муус-маҥан куобах туран сүүрэн мороохтоото! Мин бастаан утаа соһуйан хааллым, куобах хайдах эрийэ-буруйа сүүрэрин көрөн турдум. Ойуурга киирэн эрдэҕинэ дьэ ыттым. Хата, байанайым мичик гынна, сыыспатым! Куобаҕым сарылаата, кэлин атахтара соһулла түстүлэр. «Оҕо ытыырын курдук ытыыр эбит дии» - диэн санаа өйбөр охсуллан ааста. Мин буутум быстарынан куобаҕым диэки сүүрдүм, омуммар охто сыстым. Сүүрбэччэ-отучча миэтэрэни өр гыныам дуо, куобахпын ситэ баттаан ыллым. Хайдах өлөрүөхпүн билбэтим, ытыахпын сүрэ бэрт курдук, алдьатар буоллаҕым дии! Саанан охсуохха диэн акаары санаа өйбөр охсуллан ааста. Охсоору тэлэкэчийэ сырыттахпына «Нохоо, сааттан сэрэн, охсума, саа эстиэ!!!» диэн хаһыы тохтотто. Мин дьэ өйдөөн тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Кырдьык, охсубуппар саа эстибит буоллун? Оһоҕосторум субу титириктэргэ иилиллэллэр, дэриэбинэҕэ тиийбэккэ суолга өлөөхтүүр буоллаҕым. Матаһыыкылга да тиийэрим саарбах…

   Бааһырбыт куобаҕы аҕам мутугунан охсон өлөрбүтэ. Миигин кыратык сэмэлээбитэ.

   Бастакы сүрэхтэниим итинник этэ.

   Хайа, сылайа илик буоллаххытына өссө кэпсиибин дуо?

   Чэ сөп, салгыыбын, истиҥ.

Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024
Тук-тук! Войдите!
Календарь обновлений
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Мой архив
Разное


Моя кнопка:
Black Raven - мысли, воспоминания, рассказы
HTML-код кнопки:


К коду вы можете добавить параметр target="_blank". Это на ваше усмотрение.