Арай биирдэ аҕабыт биһигини илим
көрдөрө ыытта. Мин ахсыс кылааһы тахсаммын тохсуска үктэммит сайыным этэ.
Илимнэрбит дэриэбинэттэн тус соҕуруу алта биэрэстэлээх сиргэ Лэбэкээн диэн төгүрүк күөлгэ
сыталлара.
Күөлбүтүгэр сатыы бардыбыт. Сатыы буолумуна, оҕолорго алта биэрэстэ диэн ыраах
буолуо дуо? Оннооҕор буолуох ыраахха сатыы сылдьааччыбыт. Тобох күөлүгэр түүнү
быһа балыктаан баран сарсыарда хааман иһэн утуйан да ылбыт баар буолааччы, ол
сымыйа буолбатах. Эс диигин дуу? Кырдьыктаммат буоллаххына бэйэҥ оҕоҕун онно
ыыт. Уон биэрэстэни сатыы бардын, түүнү быһа кустаатын-балыктаатын, сарсыарда
балыгын, саатын сүгэн сатыы кэллин. Хааман иһэн утуйар эбит дуу, суох эбит дуу,
көрүөхпүт этэ.
Киһини аралдьытан кэбистиҥ дии, салгыы кэпсиибин.
Лэбэкээммитигэр түргэн үлүгэрдик элээрэн тиийдибит. Киирэр аартыкка эргэ мас
тыы баар этэ, ону буллубут. Дьэ, сүрдээх тыы диэтэҕиҥ! Наһаа өр салгыҥҥа сыппыт
буолан дуу, эргэтэ бэрт эбитэ дуу, билбэтим, тыыбытыгар уу киирэр да киирэр.
Ону ол диэбэккэ айаннаан бардыбыт. Икки эрдии иккиэн бааллар, онон айаммыт
түргэн буолла. Эрчимнээхтик эрдинэн Мыраан Атах диэки куһуйа турдубут.
Аҕыйах сүүс миэтэрэни өр гыныахпыт баара дуо? Хаппыттар андылыыр тумулларын
ааһаммыт Мыраан Атахпытыгар элээрдэн кэллибит. Бастакы илиммитигэр чугаһаан
иһэн көрбүппүт доҕоор, арай куоҕас иҥнэн олорор эбит! Оччону көрөн баран
сүрэхпит бөтүгүрүү түстэ! Тыыга мин инники олорор этим, онон куоҕаһы эрдиинэн
охсооччу мин буоллум быһыылаах. Чугаһаан истибит. Мин эрдиибин күөрэччи тутан
бэлэмнэнэн олоробун, убайым тыыны салайар итиэннэ хамаандалыыр. Хайыахпыный,
балтараа сылынан кырдьаҕас буоллаҕа дии. Хамаанданы толорорбор эрэ тиийэбин.
Куоҕаспыт тыы хаҥас өттүгэр буоларын кытта убайым хаһыытаата: «Чэ, биэр!»
Хамаанда бүтэһик дорҕоонноро Мыраан Атах үрдүнэн ситэри симэлийэ иликтэринэ мин
көтөрү эрдиибинэн сырбаттым! Олус күүскэ далайаммын сыыһан кэбистим, уу өрө
ыһылла түстэ, тыыбытын аһара хамсатаммыт ууну бастыбыт. Дьэ, сатамматыбыт… Уу
тыы ортотугар тиийэ оҕуста, онтон хаптаһыннар икки ардыларынан кутуллан киирэн
барда. Биһиги уолуйан уу эбиллэрин көрөн олорон хааллыбыт. Кытыл диэки
эрдибэтибит даҕаны, оннук түргэнник уу эбилиннэ. Онтон тыыбыт тимирэн барда…
«Ама билигин өлөрбүт буолуо дуо?» - итинник санаа төбөбөр охсуллан ааста,
туймааран ыларга дылы буоллум… Ол икки ардыгар тыыбыт турбутунан тимирэ турда,
оттон биһиги ууга булумахтанныбыт. Дьолбутугар уу анныгар эргийбит тыыбыт күөрэс
гына түстэ! Быыһанныбыт! Тыыттан тутуһан баран кытыл диэки бара сатаатыбыт.
Хата, тыыбыт илимҥэ иҥнибэтэ, биһигини куоҕас тоҥсуйбата. Мин аттыбар
миэтэрэлээх эрэ сиргэ уста сылдьыбыта! Турулус-ирилис көрөн дьэ сүрдээх көтөр
диэтэҕиҥ! Эһиги тыыннаах куоҕас хараҕын чугастан көрбүккүт дуо? Пахай, олохтон
хаалбыт дьон эбиккит. Мин көрбүтүм, сымыйалаабаппын. Сүрдээх харахтар этэ,
доҕоттоор! Ол да иһин саха ойууна куоҕаһы эмэгэт оҥостор эбит буоллаҕа.
Тыыттан тутуһан баран атахпытынан тэбиэлэнэммит кытылга тигистибит. Кураанах
сиргэ тахсан баран көрбүтүм убайым атах сыгынньах турар эбит. Ууга түһээт
саппыкыларын туура тэбитэлээн кэбиспит эбит, маладьыаһыҥ баара! Оттон мин,
кистээбэккэ эттэххэ, сабыс-саҥа саппыкыларбын харыһыйбытым. Тыыттан тутуһа
сылдьаммын ама ууга өлүөм дуо диэммин. Кырдьыга да оннук ээ, мас тыы ууга
тимирбэт буоллаҕа дии.
Дьиэбитигэр төннөрбүтүгэр убайым атах сыгынньах барбыта. Мин саппыкылаах этим
да, хаамарга оччо үчүгэйэ суох этэ.
Итинник сөтүөлээн турабыт.
Чэ, манан кэпсээн бүтүүм. Сарсын сэһэргиэм, кэлээриҥ.