Четверг, 21.11.2024, 16:40
BR - мои воспоминания
На главную страницу Регистрация Войти
Хара Суор приветствует тебя, Гость · RSS
Поиск
Что на сайте?
Категории
Новости сайта [411]
Новости, обновления и т.д.
Мысли, мнения [342]
Мысли и мнения Black Raven'а
RSS лента новостей
Статистика сайта

Сейчас на сайте: 9
Гостей: 9
Своих людей: 0
 Кутуйах буһарбыппыт
    

      Кутуйах буһарбыппыт туһунан.

   Мин оҕо эрдэхпинэ үөннээх баҕайы уолчаан этим. Дьээбэлээҕи ону-маны оҥороммун син элбэхтэ мөҕүллүбүт буолуохтаахпын. Кыратык таһыллан да ылар этим, онно туох кистэлэ баарый?

   Арай биирдэ балтыбын кытары далга оонньуу сырыттыбыт. Оонньуубут быыһыгар хас да кутуйаҕы өлөрдүбүт. Туох үөнэ миигин тэһитэ кэйиэлээбитэ буолла, "Дабаай, буһаран сиэххэ” диэтим. Онуоха балтым сөбүлэстэ. Кыра киһи буоллаҕа дии, мин этэрбинэн сылдьаахтыыр. Туруом дуо, булчут киһи быһыытынан түргэнник-тарҕаннык уот отуннум, кэнсиэрбэ бааҥкатыгар уу куттум, күөспүн буһара туруордум. Туус диэн суох аһа буолла. Кыылларым истэрин орооботум, тириилэрин да сүлбэтим, арааһа, сүрэҕэлдьээтэҕим буолуо. Быһаҕа суох эбитим дуу?

   Төһө өр буһарбытым эбитэ буолла, сэрэйдэххэ аҕыйах мүнүүтэ ини. "Аспыт” сиикэй да буоллаҕына көҥүлэ. Ол эрээри булкуйан көрөн баран "Сөп буолбут эбит” диэн балтыбын үөртүм. Кыылларбытын атын бааҥкаҕа хотороммут сиэри олордохпутуна дьоммут кэлэн тутан ыллылар. Мин убай киһи быһыытынан мөҕүлүннүм, таһылла да сыстым диэххэ сөп. Кутуйахтарбытын быраҕан кэбистилэр, мииммит барахсан тоҕулунна. Аһаан-сиэн бүттэхпит ол.

   Мин кылгас кэпсээним манан түмүктэнэр. Истибиккитигэр барҕа махтал!



 

Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024
Тук-тук! Войдите!
Календарь обновлений
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Мой архив
Разное


Моя кнопка:
Black Raven - мысли, воспоминания, рассказы
HTML-код кнопки:


К коду вы можете добавить параметр target="_blank". Это на ваше усмотрение.