Атырдьах ыйын бүтүүтүтэ аҕам, убайым
уонна мин буоламмыт балыктыы диэн ааттаан Онолойго бардыбыт. Хаһыс кылааска
киирээри сылдьарым эбитэ буолла? Арааһа, сэттискэ буоллаҕа буолуо. Умнубуппун.
Буолумуна даҕаны, ол кэмтэн ыла элбэх да хаар мин ыас хара баттахпар түһэн
маҥхаттаҕа.
Онолойбут дэриэбинэттэн
тус илин уон алта биэрэстэлээх сиргэ сытар. Ити быһа холоон. Хайдах
кэмниэххиний, массыына да, матаһыыкыл да тиийбэт буолбуттарын кэннэ? Быһа
холоон бачча буолуо диэн этэбит.
Көлөөскүлээх
матаһыыкылынан айаннаан Дьэкэмдэ бааһынатын саамай илин өттүгэр тиийэн
тохтоотубут. Мантан ыла биэс-алта биэрэстэни сатыы барабыт, суол-иис диэн суох
дойдута. Илимнэрбитин, аспытын-үөлбүтүн, саабытын сүгэн баран бардахпыт дии,
бааһына кытыытыгар туруохпут баара дуо?
Арай Чохулаах үрэҕин
арҕаа өттүнээҕи сиһинэн баран истэхпитинэ суол кытыытыттан хара улар көтөн
ыадастан таҕыста! Тыаһа улахана диибин диэн, туох да сүрдээх. Сааны мин сүгэн
иһэр этим да, соһуйан ыппакка хааллым. Дьонум мөҕөн өлөрөллөрө буолуо диэн
санаа кылам гынан эрдэҕинэ көтөрбүт чугас турар тииккэ баран олоро биэрдэ!
Сүрэҕим бирээмэ өрө мөхсө түстэ, үөмпүтэ буолан уларбар чугаһаан истим.
Долгуйарым диэн туох да сүрдээх. Хата, көтөрбүт биһиэхэ кыһаммат курдук туттан
чолойон олордо. Аҕабыт суолга хаалла, биһиги үөмэн истибит. Убайым тоҕо
батыспыта эбитэ буолла, саата суох этэ дии. Арааһа, улар суулларын көрөөрү
гыммыт буолуохтаах. Ый ортотугар Баҕана диэки моонньоҕоннуу сырыттахпытына
куртуйах талахтартан иҥнэ-иҥнэ көтөн тахсыбытын түҥнэри ытан түһэрбитим.
Көрөргө үчүгэйэ сүрдээх этэ. Онон убайым аны улар охторун көрүөн баҕарбыт
буолуохтаах.
Саа үчүгэйдик ылар
сиригэр үөмэн киирдибит. Мин улары хабыллар хаба ортотугар кыҥаан баран ытан
саай! Уларым дьигис гына түстэ да, охтубата. Мин иккистээтим, син биир оннук
хартыына буолла. Көтөрбүт биһиги диэки көрөр курдук туттар. Дьэ бэрт ыксалынан
саабын ииттим. «Үчүгэйдик кыҥаа» - убайым саҥалаах буола турда. Мин
оҥостон-оҥостон баран ытан саай! Тиит лабаалара тостон түстүлэр, уларым дьигис
гынна. Мин туран төрдүстээтим, туһа суох… «Хайа, хайдах буоллуҥ? Манна аҕал
эрэ!» - убай киһи сааны былдьаһан киирэн барда. Бэһис уонна алтыс
ботуруоннарбытын ииттэ турдахпытына уларбыт көтөн барда. Ол эрээри кини намтыырдыы
барбыта да, охторун көрбөтөхпүт. Бу дьон туох буоллахтарай диэн аҕабыт тиийэн
кэлбитэ. Үһүө буолан тыаны биир гына көрдүү сатаабыппыт да, булбатахпыт.
Хайыахпыт баарай, бардахпыт дии.
Чохулаахха тиийэн
истэхпитинэ утары балыксыттар кэллилэр:
- Дорооболоруҥ! Хайа,
ити эһиги тыаһаан-ууһаан иһэҕит дуо?
- Ээ, биһиги. Сыал
ыттардым, оҕолору үөрэтэ таарыйа.
Онолойбут диэки бара
турдубут.
Хайа, утуктуу иликкит
дуо? Өссө кэпсиэхпин сөп.
Истиэххитин баҕарар
буоллаххытына кэпсиэм, суох буоллаҕына утуйабыт, түүн ыраатта.