|
Статистика сайта |
|
|
Сейчас на сайте: 14 Гостей: 14 Своих людей: 0 |
|
|
|
|
|
Главная » 2009 » Июнь » 5 » Төрүт Сокуон уонна Лөгөй, Мамык кинээстэр тустарынан
Төрүт Сокуон уонна Лөгөй, Мамык кинээстэр тустарынан | 09:06 |
Дьон-сэргэ барыта Лөгөй кинээс курдук этэ дуо?
«Принимая во внимание добровольное присоединение в 17-м веке Якутии к Российскому государству…» Өрөспүүбүлүкэбит Төрүт Сокуона аны итинник тыллартан саҕаланар буолла. Ити тыллары аахпытым кэнниттэн кэккэ боппуруостар үөскээн кэллилэр.
- Баҕа өттүнэн холбоһуу баар этэ дуо? Сорох дьон баар этэ дииллэр. Сахалар нууччалары киис-саарба тириитин утары уунан көрсүбүттэр үһү :) Бука бары. Сүүс бырыһыан. Мин санаабар Лөгөй кинээс эрэ итинник көрсүбүт буолуон сөп.
- Лөгөй тойон, Абакайаада эрэ курдуктар саха диэн ааттанар буоллахтарына Мамык кинээс, бырааттыы Секуевтар, Зелемей Ковырин уонна да атыттар кимнээхтэрий? Нууччаларга утары турбут буоллахтарына саха аатын сүкпэт буолбуттара дуо? Хаһааҥҥыттан оннук буолбутай? Сахалар сэттэ төгүл бастаанньа оҥорбуттара биллэр дии. Ол аата дуо, баҕа өттүнэн холбоһуу диэн?
Ити боппуруоска дьон-сэргэ туох санаалаах эбитий?
|
Категория: Мысли, мнения |
Просмотров: 1260 |
Добавил: br
|
|
|
Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024 |
|
|
|