|
Статистика сайта |
|
|
Сейчас на сайте: 1 Гостей: 1 Своих людей: 0 |
|
|
Главная » 2011 » Апрель » 22 » Кыһыҥҥы балыктааһын тохтоото
Кыһыҥҥы балыктааһын тохтоото | 17:00 |
|
Эҕэрдэ! Бэҕэһээ сарсыарда кыһыҥҥы балыктааһын сезонун саптым. Сарсыарда эрдэ туран Бүлүү эбэҕэ киирбитим, бөһүөлэктэн көстөн турар сиргэ. Элбэх балыктаах Марха өрүскэ сатаан барбатым, суол кэһэйбит. Өрүскэ уу элбэх эбит. Боростуой да буоллар джип аата джип, онон эрэйдэммэккэ тиийдим. Муус үрдэ уу буолбут, онон мууһу үүттүүргэ ыарахан эбит. Туох буолуой, аҕыйах ойбону тэһэр кыахтаах дьоммут. Балыктааһыммар табыллыбатым - икки күөгүбүн эргэ илимҥэ былдьаттым :(
|
|
Блеснаалаан көрдүм да, мэлигир. Ыраас хамыыһыйа! Биир балыгы хаптарбытым ити сытар! :))) Балансирдааҕар эрэ улахан :) Чэ, туох буолуой, хата салгын сиэн кэллим. Бэйэм да хара киһи этим, өссө хараардым. Ньиэгир курдук буоллум диэтэххэ олус омуннааһын буолбата буолуо :)
Хаһан эрэ сайын буолар? Балыктыы барыа этибит :)
|
|
Категория: Новости сайта |
Просмотров: 678 |
Добавил: br
|
|
|
Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024 |
|
|
|