|
Статистика сайта |
|
|
Сейчас на сайте: 1 Гостей: 1 Своих людей: 0 |
|
|
|
|
|
Главная » 2011 » Июнь » 15 » Норуот баайа
Норуот баайа | 22:00 |
Быйыл саас Сахабыт сиригэр өтөрүнэн буолбатах баһаардар буолуталаатылар. Хаарыаннаах хара тыабыт күл-көмөр буолла. Сатаатар ол кэмнэргэ сайыҥҥы уот кураан сатыылаан турбута. Онон дьон-сэргэ ойуурга күүлэйдии тахсарын боппуттара сөп дии саныыбын.
Оттон билигин балаһыанньа хайдаҕый? Күн өрүү-өрүү этиҥнээх былыт кэлэн ууну кута турар. Ойуурбут хатан буорайан турар диэхпин тылым тахсыбат. Сааһы быһа бобуллан олорбут дьон быһыытынан күөх айылҕабытыгар тахсан сынньаныахпытын баҕарарбыт кэмнээх буолуо дуо? Ону баара былаастарбыт син-биир бобон олороллор. "Ойуур - норуот баайа. Онон ойууру харыстааҥ. Дьиэҕитигэр олоруҥ, ол-бу буолумаҥ!" - дииллэр. Арааһа, сайыны да быһа бобуох курдуктар "гаайкалара тардыллыбыт" тойотторбут эрэйдээхтэр. Ойуур - норуот баайа дииллэр. Оттон норуот бэйэтин баайын көрүөхтээх, хараҕын сымнатыахтаах. Тоҕо мин баайбын көрөрүм бобуллуохтааҕый? Эбэтэр мин норуот киһитэ буолбатахпын дуу? Эһиги туох дии саныыгыт?
|
Категория: Мысли, мнения |
Просмотров: 666 |
Добавил: br
|
|
|
Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2025 |
|
|
|