Дорообо, доҕоор! Атах тэпсэн олорон сэһэргэһиэх эрэ. Саха дьонун сиэринэн. Хайа, туох сонун баар? Хайдах олордугут?.
Туох диигин? Мин саха буолбатахпын, мин дьокууппун диигин дуу? Бу буолаары турар биэрэпискэ дьокуут диэн суруттарыам диигин дуу? Дьэ буоллаҕа... мин туох диэн этиэм баарай? Бэйэҥ биллэҕиҥ, санныгар олорор төбөлөөххүн дии. Ол төбөҕүнэн бэйэҥ толкуйдууруҥ дуу, эн оннугар атын киһи толкуйдуура дуу, дьэ ону билбит суох. Мин кыра-хара киһибин, ол эрээри санныбар бэйэм төбөм олорор уонна бэйэтэ толкуйдуур. Биллэн турар, туох да дуоннааҕы толкуйдаабат, ол эрээри бэйэтэ муҥнанар буоллаҕа :)
Чэ, ити хааллын. Биир бэйэм сахабын диэн суруттараары гынабын. Дьокууппун дэнимээри гынабын. Баалаабат инигит? Иһит эрэ, саха уонна дьокуут диэн туспа омуктар баалларын курдук суруйбуттар. Ол туһунан бу манна баар. Улуу убайдарбыт тылларынан эттэхпинэ АЛФАВИТНЫЙ ПЕРЕЧЕНЬ НАЦИОНАЛЬНОСТЕЙ И ЭТНИЧЕСКИХ НАИМЕНОВАНИЙ диэн испииһэк баар эбит. Киэҥ-куоҥ Арассыыйа эбэ хотуҥҥа ханнык омуктар олороллорун туһунан. Доҕоор, бу маны киирэн көр эрэ: саха диэн омук тус-туспа буолар эбит ээ. Маны тэҥэ якуты итиэннэ якутяне диэн ааттанар дьоннор бааллар эбит. Бу тугуй? Бэйэтэ да кыра ахсааннаах норуоту оҕуруктаах өйдөөх былаастар обургулар тоҕо бытарыта сатыыллара өйдөнөр. Ол эрээри мин син биир саха (с родным языком якутским) диэн суруттараары олоробун. Биһигини сэриилээн-уоттаан, үлтү тэпсэн ылбыт хаһаактар биэрбит ааттарын син-биир ылыам суоҕа.
Оттон эн хайдах суруттараары сылдьаҕын?
|