САХАМ АТА
Виталий Власов тыллара Тоҥмот-хаммат сахам ата Тоҥуу хаартан үктэл тэбэр, Тымныы айан иитин көрсөн Оноҕостуу субуруйар.
Табыгырас хомус туйах Дууһам кутун ыга тутар, Сахам сирин кыһыҥҥыта Иэдэстэрбин иһэлитэр.
Хос ырыата:
Кылбаҥнатан сиэлэр, Айаннатан сүүрэр, атым — һат! һат! Сындыыстанан сырсар, Сирилэтэн ситэр, сылгым — Һат! һат!
Кэтит, дьоҕус сахам ата Сүрэх-бэлэс мааны дэтэр, Алаас ахсын кымньыылыырбар Эбэн биэрэр, бырдааттанар.
Тыбыырара, айааһыыра Силлиэ тыаллыын алтыһаллар, Долгуһутар дьикти түгэн Миэхэ эрэ хатыланар.
Хос ырыата:
Дьоруолатан ойор, Долгуһутан көтөр, атым — һат! һат! Дьигиһитэн дайар, Бурҕаҥнатан куотар, сылгым — Һат! һат!
|