"Кыым" хаһыакка Маайа Силэпсиэбэ диэн ааҕааччы Үрүҥ Тунах ыһыах туһунан суруйбут. Кини суруйар:
- Куорат ыһыаҕын тэрээһинэ үчүгэй. Ол эрээри урукку ыһыахтарга тэҥнээтэххэ сахалыы тыынын, төрүт көстүүтүн сүтэрбит курдук. Араас омук түмсүүлэрин кэнсиэрэ, омоҕой саҕаттан оонньоммут оһуокайбытын, тойукпутун куоһарыах курдук. Мин сылга биирдэ буолар саха улахан түһүлгэтигэр кытынным эбэтэр норуоттар сомоҕолоһууларын түмсүүтүгэр сырыттым дуу?
Мин Маайа этиитигэр холбоһобун уонна ыйытыахпын баҕарабын:
Ыһыах саха норуотун оонньуута дуу, эбэтэр саха норуоттарын холбуур, түмэр оонньуу дуу? Эһиги санааҕыт хайдаҕый?
Категория:
Мысли, мнения
|
Просмотров:
829
|
Добавил:
br
|
Дата:
06.07.2009
|