Кэлин бириэмэҕэ саха араадьыйатыгар ыраах Исландияҕа олорор Күөрэгэй этиитин элбэхтик истиэххэ сөп. Сахатын тылын умнубатах эбит, маладьыас. Ыраастык саҥарар диэтэххэ омун буолбата буолуо. Күөрэгэй саха норуотугар туһаайан: тылгытын сүтэримэҥ, сахалыы тыыннаах буолуҥ… онтон да атын итиннэ хабааннаах истиэххэ үчүгэй тыллары этэр. Барыта үчүгэй, барыта кэрэ :)
Оттон мин саныыбын: кини тоҕо итинник эппитэ буолуой? Саха дьахталлара-кыргыттара атын омукка тахсымаҥ диэн эппитэ буолуо дуо? Эбэтэр бэйэтэ курутуйан, хараастан туран эппитэ дуу? Оҕолорум саха норуотуттан туораатылар, тэйдилэр диэн. Нучча норуотугар өс хоһооно баар: чужая душа – потёмки. Онон кини тугу эппитин бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Доҕотторуом, итини туох дии саныыгыт?
Категория:
Мысли, мнения
|
Просмотров:
694
|
Добавил:
br
|
Дата:
03.09.2009
|