|
Статистика сайта |
|
|
Сейчас на сайте: 16 Гостей: 16 Своих людей: 0 |
|
|
|
|
|
Главная » 2010 » Январь » 9 » Саха сирин Аата
Саха сирин Аата | 11:51 |
"Якутск вечерний" хаһыат бастакы нүөмэригэр "Саха сирин Аата" диэн норуот куоластааһыны биллэрбит. Саайтарыгар киирэ сырыттым да булбатым. Арааһа, таһаара иликтэр быһыылаах.
Дьэ, бу куоластааһыҥҥа кимнээх бааллар эбиттэрий?
- Эллэй - саха норуотун төрүттээччи (мин манна сөбүлэһэбин, Эллэй эһэбит баар буолан биһиги бур-бур буруо таһааран олорор буоллахпыт).
- Ожулун - Чыҥыс-Хаан ийэтэ (төһө да ити киһи Байкал сахаларыттан төрүттээх диэн куолулааталлар итини өйдөөбөппүн, Борисов режиссер толкуйдаабыт дьыалата диэн ааттыыбын).
- Тыгын - Хаҥалас кинээһэ, бастакы хаһаахтары кытары охсуспута диэн буолар, ол эрээри хотторбут уонна билиэҥҥэ өлбүт (ол аата утарылаһыыны сатаан тэрийбэтэх эбит, норуотун сатаан түммэтэх).
- Лөгөй тойон - Бороҕон кинээһэ, Тыгын Дарханы кытары биир бириэмэҕэ олорбут киһи. Кэлии хаһаахтар диэки буолбут, киис-саарба тириитин утары ууммут. Норуоттар доҕордоһууларын иһин турууласпыт диэн ааттыыллар (туох да диэбит иһин, "Саха сирин Аата" буолар кыаҕа суох).
- Пантелей Пянда - нучча хаһааҕа, аан бастакынан Саха сиригэр барар суолу торумнаабыт киһи диэн ааттыыллар (дьэ бу хаһаах тоҕо улуу киһи буолуохтааҕый?)
- Петр Бекетов - хаһаах сотнига, Дьокуускай куораты төрүттээбит киһи буолар. Өлүөхүмэни итиэннэ Эдьигээни эмиэ кини туппут үһү (хаанымсаҕынан биллибит хаһаах улуу киһи буолуон табыллыбат).
- Абакайаада - "Саха Покахонтаһа", Семен Дежнев кэргэнэ (Покахонтас диэн кимий? Повхатан диэн индеецтэр биистэрин тойоннорун кыыһа, бэйэтин норуотун таҥнарбыт кыыс. Индеецтэр кинилэргэ саба түспүт капитаны тутан ылан өлөрөөрү гыммыттар, онуоха бу кыыс баран кууһа түспүт үһү. Ол иһин үрүҥ киһини ыытан кэбиспиттэр. Онтон Покахонтас атын үрүҥ киһиэхэ эргэ барбыт, ол иһин индеецтэр уонна колонистар 8 сыл устата сэриилэспэтэхтэр. Бу бириэмэ иһигэр колония бөҕөргөөбүт, үрүҥнэр кыах ылбыттар, ол кэнниттэн индеецтэри кырган барбыттар. Онон Покахонтас бэйэтин норуота эстэригэр улахан кылааты киллэрбит киһи буолар).
- Семен Дежнев - бары бэркэ билэҕит, сири-сибиири сэриилээбит хаһаах буолар. Олохтоох омуктары утары сэриигэ аҕыс төгүл бааһырбыта дииллэр (ол аата хас саха тыыныгар турбута буолуой?)
- Мазары Бозеков - Тыгын сиэнэ, саха тойоно. Нуучча ыраахтааҕытыгар иккитэ бара сылдьыбыт үһү (бэйэтэ дьаһаах хомуйар быраабы ылбыт, саха бастакы налоговига буолар диэтэхпинэ улаханнык сыыспатым буолуо).
- Иван Мигалкин - саха бастакы парламенын (Истиэп Дууматын) төрүттээбит киһи буолар.
- Отто Бетлинк - саха бастакы алфавитын оҥорбут дииллэр.
- Иннокентий Вениаминов - биллиилээх миссионер, таҥара үлэһитэ. Кыра-хара норуоттарга күн сырдыгын тыктарбыт үһү.
- Манчаары Баһылай - саха "Робин Гуда" диэн буолар, баайдары талыыр-таһыйар үһү (оттон дьахталлары ытыстарын үүттүүрүн, ол кэнниттэн ойуурга илдьэн баран күүһүлүүрүн туһунан тугу да суруйбатахтар. Дьэ улуу киһи эбит!)
- Иван Крафт - Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ, бэрт элбэх үлэни ыыппыт эбит.
- Өксөкүлээх Өлөксөй
- Гавриил Ксенофонтов
- Вацлав Серошевскай - этнограф, чинчийээччи.
- Максим Аммосов
- Исидор Барахов
- Былатыан Ойуунускай
- Емельян Ярославскай
- Григорий Файнштейн - бастакы алмааһы булбут.
- Лариса Попугаева - бастакы кимберлитовай туруупканы арыйбыт.
Дьэ, кимиэхэ быыбардыыгыт?
|
Категория: Новости сайта |
Просмотров: 1041 |
Добавил: br
|
|
|
Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024 |
|
|
|