"Якутск вечерний" хаһыат бастакы нүөмэригэр "Саха сирин Аата" диэн норуот куоластааһыны биллэрбит. Саайтарыгар киирэ сырыттым да булбатым. Арааһа, таһаара иликтэр быһыылаах.
Дьэ, бу куоластааһыҥҥа кимнээх бааллар эбиттэрий?
-
Эллэй - саха норуотун төрүттээччи (мин манна сөбүлэһэбин, Эллэй эһэбит баар буолан биһиги бур-бур буруо таһааран олорор буоллахпыт).
-
Ожулун - Чыҥыс-Хаан ийэтэ (төһө да ити киһи Байкал сахаларыттан төрүттээх диэн куолулааталлар итини өйдөөбөппүн, Борисов режиссер толкуйдаабыт дьыалата диэн ааттыыбын).
-
Тыгын - Хаҥалас кинээһэ, бастакы хаһаахтары кытары охсуспута диэн буолар, ол эрээри хотторбут уонна билиэҥҥэ өлбүт (ол аата утарылаһыыны сатаан тэрийбэтэх эбит, норуотун сатаан түммэтэх).
-
Лөгөй тойон - Бороҕон кинээһэ, Тыгын Дарханы кытары биир бириэмэҕэ олорбут киһи. Кэлии хаһаахтар диэки буолбут, киис-саарба тириитин утары ууммут. Норуоттар доҕордоһууларын иһин турууласпыт диэн ааттыыллар (туох да диэбит иһин, "Саха сирин Аата" буолар кыаҕа суох).
-
Пантелей Пянда - нучча хаһааҕа, аан бастакынан Саха сиригэр барар суолу торумнаабыт киһи диэн ааттыыллар (дьэ бу хаһаах тоҕо улуу киһи буолуохтааҕый?)
-
Петр Бекетов - хаһаах сотнига, Дьокуускай куораты төрүттээбит киһи буолар. Өлүөхүмэни итиэннэ Эдьигээни эмиэ кини туппут үһү (хаанымсаҕынан биллибит хаһаах улуу киһи буолуон табыллыбат).
-
Абакайаада - "Саха Покахонтаһа", Семен Дежнев кэргэнэ (Покахонтас диэн кимий? Повхатан диэн индеецтэр биистэрин тойоннорун кыыһа, бэйэтин норуотун таҥнарбыт кыыс. Индеецтэр кинилэргэ саба түспүт капитаны тутан ылан өлөрөөрү гыммыттар, онуоха бу кыыс баран кууһа түспүт үһү. Ол иһин үрүҥ киһини ыытан кэбиспиттэр. Онтон Покахонтас атын үрүҥ киһиэхэ эргэ барбыт, ол иһин индеецтэр уонна колонистар 8 сыл устата сэриилэспэтэхтэр. Бу бириэмэ иһигэр колония бөҕөргөөбүт, үрүҥ
...
Салгыыта манна баар (продолжение) >>>