|
Статистика сайта |
|
|
Сейчас на сайте: 17 Гостей: 17 Своих людей: 0 |
|
|
Главная » 2009 » Декабрь » 14 » Окошконан посмотрилаа
Окошконан посмотрилаа | 18:56 |
«Кыым» хаһыат 48-с нүөмэригэр «Тетя, дядя буолан хааллыбыт» диэн биэнсийэлээх Н.И. Егоров суругун аахтым. «Дьахтары утары көрөн туран «дьахтаргын» диэн улаханнык өһүргэтиэххин сөп» диэн суруйар ол кырдьаҕас.
Кырдьыга оннук да буолла диэххэ сөп. Төрүт тылбыт олус киртийдэ, нууччатыйда. «Дьахтар, ойох, төрүүр» диэн тыллартан өһүргэнэр буоллулар. «Ити дьахтар үстэ төрөөбүт үһү» - диэтэххэ дьахталлар саба саҥараллар. «Хайдах итинник куруубайдык саҥараҕын? «Төрүүр» диэн буоллаҕай, үөҥҥэ-көйүүргэ дылы буолан, эчи сүрүн! Ити чүөчэ үстэ оҕоломмут диэххин» - диэн буолар.
Киһи күлүөх курдук эрээри, күлүүм сатаан тахсыбат. Сонньуйуохха эрэ сөп.
Мантан антах хайдах буолабыт? Кулун тутар 8-с күнүн «Аан дойду чүөчэлэрин күнэ» диибит дуо? «Окошконан посмотрилаа эрэ, тятя идёттуура буолаарай?» - дэһэр кэммит кэллэҕэ.
|
Категория: Мысли, мнения |
Просмотров: 777 |
Добавил: br
|
|
|
Анатолий Иванов. При любом использовании материалов сайта ссылка (для интернет-ресурсов — гиперссылка) обязательна © 2024 |
|
|
|