Бары да истибиппит курдук Медведев бирисидьиэн Арассыыйа оскуолаларыгар таҥара үөрэҕин төрүттэрин үөрэтиини киллэриэн баҕарар да баҕарар. Кини этэринэн ити барыта ким да күһэйиитэ суох, баҕа өттүнэн барар дьыала буолуохтаах. Баҕарар буоллаххына христианствоны үөрэт. Эбэтэр исламы, буддизмы, иудаизмы да үөрэтиэххин сөп. Эн бэйэҥ талаҕын, атыннык эттэххэ тойон курдук буолан тахсаҕын, оннук өйдүөххэ сөп. Оттон оҕо таҥара үөрэҕин сөбүлээбэт буоллаҕына светскай этиканы эбэтэр итэҕэл историятын үөрэтиэн сөп диир бирисидьиэммит барахсан.
Ол эрээри биир маннык күрүчүөк баар: ити таҥара үөрэҕэ эбэһээтилинэй буолар үһү. Хайдах да куотуммаккын, ол-бу буолан мунньаҥнаатыҥ да оскуолаттан муус ураҕаһынан үүрүөхтэрин сөп үһү. Дьэ буолар да эбит!
Хайаахтыахпыт баарай, таҥара үөрэҕин үөрэтэн муҥнанан көрөр буоллахпыт эбээт. Инньэ диэн оҕолорбутун оскуолаттан үүрдэриэхпит дуо? Хайа, таҥара да үөрэҕиттэн атын биридимиэттэр бааллар дии, олор ордук наадалаахтара буолуо дии саныыбын. Таҥараны билиммэт дьоннор буоларбыт быһыытынан светскай этикаҕа суруйтарарбыт буолуо.
Ол эрээри биир дьиксиннэрэр түгэн баар. Ол маннык. Арай мин кыракый дэриэбинэҕэ олорор буолуум. Оскуола дириэктэригэр тиийэммин оҕобун светскай этиканы үөрэтэргэ суруйуҥ диибин. Ону баара дириэктэрбит этэр: "Мин хантан светскай этика учууталын булабын? Миэхэ православие эрэ учууталын биэрдилэр. Онон православиены үөрэтэҕит, хайыаххытый. Эбэһээтилинэй дии, ханна да куоппаккыт". Дьэ, барар-кэлэр сир бүөлэнэр, талар туох да суох буолар. Оттон православнайдар мичик гыналлар - Уйбаныап оҕото православнай буоллаҕа ити. Нууччалар этэллэрин курдук "в добровольно-принудительном порядке".
Оттон эһиги туох дии саныыгыт?