Мантан ыла оннук буолар үһү. Үчүгэй сонун буолбат дуо?
Арассыыйа эбэ хотун үрдүнэн буолан ааспыт быыбар айдааннаахтык-куйдааннаахтык ааспытын бары билэҕит. Быыбар кэнниттэн "биир ньыгыллартан" уратылар бууннуу сылдьыбыттара. "Ньыгыллар" хантан бууннуохтарай, кыайан-хотон баран? Бирисидьиэн Медведев атын баартыйалар салайааччыларын нэһиилэ тылыгар киллэрбитэ. Туох диэбитэ эбитэ буолла, мин истибэтэҕим. Арааһа, аны быыбар чиэһинэй буолуоҕа диэн мэктиэлээбит да буоллаҕына боруога суох.
Кэпсээнтэн кэпсээн. Соторутааҕыта "ньыгыллар" лиидэрдэрэ Айсиэн Ньукулаайап "чэйиҥ, быыбары ыраастык ыытыаҕыҥ" диэн ыҥырыы таһаарбыта. Мин онтон сонньуйа санаабытым. Хайдах эрэ Ньукулаайап атын баартыйаларга туһаайан "Эһиги хайдах буолаҕыт, чэ дабаайте, быыбары чиэһинэйдик ыытыҥ" диэбит курдук иһиллибитэ мин кулгаахпар. Кулгааҕым бүөлэннэҕэ дуу, бэйэм сатаан өйдөөбөтөҕүм дуу? Сааһым да ыраатта ээ.
Ол Ньукулаайап ыҥырыыта тахсыбытын кэнниттэн "сиэрдээхтэртэн" Госдуумаҕа дьокутаат Сөдүөт Тумууһап "Эһиги, ньыгыллар, быыбарга былааспытын туһаныахпыт суоҕа диэн мэктиэлиир буоллаххытына эрэ биһиги ыҥырыыгытыгар илии баттыахпыт" диэбит сураҕа иһиллибитэ. Ону "ньыгыллар" туох диэбиттэрэ эбитэ буолла? Билбэтим. Арай ЛДПР диэн ааттанар баартыйа Саха сиринээҕи салаатын хотуна Татыйаана Хотуобускайа диэн дьахтары кытта илии баттаспыттар үһү диэн буолар.
Онон ыраас быыбар буолар буолла дуу, хайдах дуу? Олох көрдөрөн иһэр ини?
Сир эргийэр, сыл-хонук устан иһэр. Сотору быыбар буолуо, онно көрүөхпүт итиэннэ истиэхпит :)
&nb
...
Салгыыта манна баар (продолжение) >>>