Мин кып-кыра дэриэбинэҕэ төрөөбүт-үөскээбит киһибин. Оҕо эрдэхпинэ биһиэхэ массыына диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Арай Ананий диэн бэрт бытаан айаннаах суоппар бастаан ГАЗ-51, онтон ГАЗ-52 диэн массыыналары ыытар буолара. Багдааһын Никиитэ диэн киһи бэрт эргэ КАВЗ оптуобуска суоппардыыра. Билэр инигит, ГАЗ-51 курдук капоттаах оптуобуһу? Билбэт буоллаххытына мин этэрим биир - эһиги кыракый оҕолор эбиккит, ол иһин билбэккит :)
Биһиги Никиитэ оптуобуһун "душегубка" диэн ааттыыр этибит, тоҕо диэтэргит турбатынан массыына кэннин диэки тахсан барыахтаах куһаҕан гааһа салон иһигэр киирэр этэ. Оо, бэрт элбэх киһи тулуйбакка хотуолаабыт оптуобуһа буоллаҕа! Айабын да! Мин да сорох түгэннэргэ тулуйбатах буолуохтаахпын, туох кистэлэ баарый? Онтон киһи кыбыстара туох да суох курдук саныыбын. Дэриэбинэттэн оройуон киинигэр диэри биэс чаас устата "душегубкаланар" этибит. Дьолго, биир да киһи гааска тумнастан таҥаралаабатаҕа.
Чэ, ити хааллын, аны кыра ма
...
Продолжение вот здесь >>>